Уруй ырыата Прокопий Егорович Слепцов- Ойуун Борокуопай

154 подписчика

12+
12+

15 часов назад

ПожаловатьсяНарушение авторских прав

154 подписчика

12+
12+

15 часов назад

ПожаловатьсяНарушение авторских прав
12+
12+

15 часов назад

УРУЙ ЫРЫАТА Прокопий Егорович Слепцов - Ойуун Борокуопай (1919-1991) Кутуу көмүс ыҥыырдаах Куурбат алтан уостуганнаах Хороҥ соҕоон сотолоох Курдуу тардар холууннаах Толугураан кистээхтиир Курбалдьыйан хамсанар Күөгэл күннүк сирдэртэн Мөтөһүйэн көстөөхтүүр Түөлбэ маҕан түөстэрдээх Түөрт түөрэм туйахтаах Өркөөнүкээн кулгаахтаах Үргүүк сытыы харахтаах Хоҥор хара уорҕалаах Субуруйар кутуруктаах Сэгэй оонньуур сиэллэрдээх Үүрэ буурай көҕүллээх Тарда турар таманнаах Хаҥыл дьэллик хааннардаах Хатыыс тирии быалардаах Хаарыаннаахай оҕото Хаҥылынан харбатан Таптыыр үтүө нарыммар Алҕалбытыҥ айхал нии.

Название:

Уруй ырыата Прокопий Егорович Слепцов- Ойуун Борокуопай

Категория:

Разное